Руфь Күндү ааҕааччылар!
Күндү ааҕааччылар!
Биибилийэ Эргэ Кэс Тылын өссө икки кэрэ-бэлиэ кинигэтэ сахалыы аан маҥнай тылбаастанан бииргэ тахсыбытынан эһигини ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Үс тыһыынча кэриҥэ сыл анараа өттүгэр олорон ааспыт хоһуун бэйэлээх Руфь уонна Эсфирь сырдык мөссүөннэрэ, үтүөкэн быһыылара-майгылара мантан ыла саха норуотугар эмиэ бастыҥ холобур буолуохтара. Амарах санаалаах Руфь, элбэх таҥаралаах Моав дойдутун олохтооҕо, Израильга ийэ хотунун батыһан кэлэн дьиҥнээх Таҥараны итэҕэйэр. Кини аата-суола Айыы Тойон Иисус Христос төрүччүтүгэр киирбит. Оттон Персия ыраахтааҕытыгар эргэ тахсыбыт тулаайах дьэбириэй кыыһа Эсфирь, өлөрүн да кэрэйбэккэ, төрөөбүт норуотун букатыннаахтык имири эстэр дьылҕаттан быыһыыр. Биһиги билиҥҥи уустук кэммитигэр Руфьтаах Эсфирь мөссүөннэрэ өссө ордук чаҕылыйа сырдаан, бүтүн аан дойду дьахталларын эрдэригэр, дьиэ кэргэттэригэр бэриниилээх буоларга, кинилэри дириҥник таптыырга, бар дьоҥҥо ис сүрэхтэн туһалыырга ыҥыраллар.
Көнө-көрсүө майгылаах Руфь уобараһын биһирээн, ону төрөөбүт норуотугар арыйаары, кини туһунан кинигэни 2004 с. саха норуодунай суруйааччыта Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон тылбаастаабыта. Онон Руфь туһунан кэпсээн сахалыы тылбааһын Дмитрий Кононович норуотугар хаалларбыт тиһэх алгыһа диэн этиэххэ сөп.
Бу ытык кинигэ күн сирин көрөрүн туһугар бары күүстэрин ууран туран үлэлээбит тылбаасчыттарга, эрэдээктэрдэргэ, Биибилийэ тылбааһын Москубатааҕы Институтугар барҕа махтал буоллун!
Эһиэхэ бука барыгытыгар Таҥара алгыһа тосхойуохтун.
Дьокуускай уонна Ленскэй архиепискоба Роман
ААН ТЫЛ
Күндү ааҕааччы!
Эн Эргэ Кэс Тылга киирсэр «Руфь кинигэтин» уонна «Эсфирь кинигэтин» тутан олороҕун. Эргэ Кэс Тыл Саҥа Кэс Тылы кытта бииргэ Биибилийэ диэн ааттанар. Улуу Биибилийэ үйэлэр тухары аан дойду дьонун саамай ааҕар кинигэтэ буолар. Эргэ Кэс Тылга сир-халлаан, киһи аймах айыллыыта, Таҥара ураты соругу сүктэрбит дьэбириэй норуотун уонна кинилэрдиин алтыспыт атын норуоттар олохторо-дьаһахтара, духуобунай суоллара-иистэрэ кэпсэнэр.
Биибилийэ бу икки дьоҕус гынан баран уһулуччулаах кинигэтигэр дьахталлар сүрүн оруоллаахтар. Моав омук сириттэн төрүттээх Руфь Израилы судьуйалар салайалларын саҕана, дойду биир саамай уустук, кыһалҕалаах кэрдиис кэмигэр, олорон ааспыт. Израиллыын ыаллаһа сытар Моав дьоно Израиль кыр өстөөхтөрө этилэр, онон кинилэр удьуордара Израиль норуотугар киирсэр бырааптара суоҕа. Ол үрдүнэн Руфь Израиль киһитигэр эргэ тахсар уонна, эрэ өлбүтүн кэннэ, кини тулаайахсыйбыт ийэтин көрөр-истэр. Руфь ийэ хотунун чороҥ соҕотохтуу хаалларан кэбиспэт, өссө хаалларыахтааҕар кини дойдутугар кэлсэн, Израиль дьоно итэҕэйэр Таҥаратын ис сүрэҕиттэн ылынар.
Кинигэ сүрүн тиэмэтэ – дьадаҥы урууну-аймаҕы толуйан ылыы. Таҥара муударай дьайыытынан, Вооз диэн биллэр-көстөр, дьон-сэргэ ытыктыыр киһитэ, Ноеминь уонна Руфь аймахтара, кинилэр тустарыгар кыһаллар-мүһэллэр. Кини урууларын сирин-уотун атыылаһан баран, Ноеминь огдообо кийиитин ойох ылар, быстыбыт уустарын удьуорун салгыыр. Онон Моав кыыһа Руфь, Воозка эргэ тахсан, Израиль биир бастыҥ ыалын дьоллоох ийэтэ буолар. Кинигэ бүтэһик баһыгар баар төрүччүттэн көстөрүнэн, Руфь – Израиль улуу ыраахтааҕытын Давид хос эбэтэ. Ол аата кини – Иисус Христос төрүт өбүгэлэриттэн биирдэстэрэ ( Мф 1:5 көр). Онон Таҥараны ис сүрэҕиттэн итэҕэйэр, Айыы Тойон ытык тылын толорор киһи туох омуктан төрүттээҕэ оруола суох. (Манна даҕатан эттэххэ, Руфь кинигэтигэр Таҥара «Яхве», ол аата «Кини баар» эбэтэр «Кини олоҕу биэрэр» диэн суолталаах ытык аата улахан буукубаларынан «АЙЫЫ ТОЙОН» диэн бэриллэр. Онтон атын суолтатыгар «Айыы Тойон» диэн көрүҥэ туттуллар.)
Эсфирь кинигэтигэр Персия-Мидия импиэрийэтигэр олорбут дьэбириэй норуота имири эстэр дьылҕаттан хайдах быыһаммытын туһунан кэпсэнэр. Ол саҕана, биһиги эрабыт иннинээҕи V-с ү., Персия-Мидия импиэрийэтэ Индияттан Эфиопияҕа диэри тайаан сытар сири барытын бас билэрэ. Персия дьоно Вавилон импиэрийэтин сэриилээн ылан баран (б.э.и. 539 с.), билиэн ылбыт дьэбириэйдэрэ төрөөбүт сирдэригэр-уоттарыгар төннөллөрүн көҥүллээбиттэр. Ол эрээри билиэн кэлбит үгүс дьон төннүбэккэ, туора дойдуга олоро хаалбыттар. Кинилэртэн сорохторо импэрээтэр дыбарыаһыгар улахан сабыдыаллаах дьон буолбуттар.
Дьэбириэйдэр итэҕэллэрэ да, үйэлээх үгэстэрэ да атын омуктар үгэстэриттэн чыҥха атына. Омос көрдөххө, ити кэмҥэ өлөрөргө ууруллубут дьэбириэй норуота хайдах да быыһанар кыаҕа суоҕа: кинилэри олоччу имири эһэн кэбиһэр ыйааҕы саарыстыба иккис тутаах киһитэ, саамай үрдүк сололоох Аман таһаарбыт. Ол гынан баран булугас өйдөөх хорсун сарыысса Эсфирь хаан-уруу норуотун итинник аан алдьархайтан быыһаан ылар. Кини уодаһыннаах өстөөххө аһаҕастык утарыласпакка, маҥнай эрин Артаксеркс ыраахтааҕыны мындырдык бэйэтигэр тардар. Ити быһаарыылаах кэмҥэ Эсфирьгэ кинини оҕотун курдук ииппит муударай өйдөөх убайа Мардохей көмөлөһөр.
Дьиктитэ баар, бу былыргы дьэбириэй тылынан суруллубут кинигэҕэ Таҥара биирдэ да ахтыллыбат. Онон ааҕааччы Персия ыраахтааҕытын дыбарыаһын олоҕуттан суруллубут умсугутуулаах сэһэни ааҕа олорор курдук сананыан сөп. Ол гынан баран манна кэпсэнэр быһыы-майгы дьаалатынан биитэр киһи баҕатынан салаллан үтүө түмүктэнэр буолбатах. Биһиги Таҥараны ахтыбатахпыт да иһин, Кини киһи аймах олоҕор биллибэтинэн дириҥник дьайа, сабыдыаллыы турар.
Дьэбириэй дьоно-сэргэтэ Эсфирьдээх Мардохей ситиспит хаһан да умнуллубат кэрэ-бэлиэ кыайыыларын күн бүгүҥҥэ диэри бэлиэтиир, Пурим бырааһынньыгын хас сыл аайы үөрүүлээхтик ылар. Бу дьоро кэмҥэ бука бары бииргэ түмсэн Эсфирь кинигэтин ааҕаллар, Таҥараны айхаллыыллар.
Ааҕааччы Эргэ Кэс Тыл бу кыракый кинигэлэрин кытта билсэн баран, салгыы Биибилийэни бүтүннүүтүн ааҕарга дьулуһуо диэн биһиги эрэнэ саныыбыт.
Биибилийэ тылбааһын Москубатааҕы Института тылбаас бөлөҕөр уонна бу кинигэ тахсарыгар көмөлөспүт дьоҥҥо барыларыгар истиҥ махталын этэр.
Кинигэ электроннай барыйаанын Биибилийэ тылбааһын Институтун саайтыттан булуохха сөп (ibt.org.ru).
Биибилийэ тылбааһын Москубатааҕы Института
Руфь кинигэтэ
Иһинээҕитэ
Елимелех дьиэ кэргэнэ Моавка көһөр (1:1-5)
Ноеминь уонна кини икки омук кийииттэрэ (1:6-22)
Руфьтаах Вооз (2:1-23)
Куумунаҕа көрсүһүү (3:1-18)
Руфь Воозка эргэ тахсар (4:1-12)
Давид ыраахтааҕы төрүччүтэ (4:13-22)
Àwon tá yàn lọ́wọ́lọ́wọ́ báyìí:
Руфь Күндү ааҕааччылар!: СБК
Ìsàmì-sí
Pín
Daako
Ṣé o fẹ́ fi àwọn ohun pàtàkì pamọ́ sórí gbogbo àwọn ẹ̀rọ rẹ? Wọlé pẹ̀lú àkántì tuntun tàbí wọlé pẹ̀lú àkántì tí tẹ́lẹ̀
© Институт перевода Библии, 2008-2022